Приветствую Вас, Гость
Главная » 2016 » Январь » 29 » Кэнтик оскуолатыттан тэттик сонуннар
15:41
Кэнтик оскуолатыттан тэттик сонуннар
  • Алтынньы 30 күнүгэр Дьокуускай куоракка ХИФУ преподавателэ, биллиилээх тюрколог, филологическай наука доктора Левин Герасим Герасимович сырдык кэриэһигэр анаммыт 1 Республиканскай НПК 10-с кылаас үөрэнээччитэ Васильева Сахаайа «Алтайский Кай и якутская Олонхо» доклада конференция хомуурунньугар киирэн бэчээттэнэн таҕыста.
  •  Сэтинньи 25 күнүгэр «Кылыһах» оҕо фольклорнай ансамбль иитиллээччилэрэ, салайааччы Мойтохонова А.М., Дьокуускай куоракка Саха циркэтин уораҕайыгар Республикатааҕы Олоҥхо декадатын аһыллыытыгар кыттан кэллилэр.
  • Сэтинньи 28 күнүгэр Дьокуускай куоракка ХИФУ Кыыл Уола – С.А.Зверев үбүлүөйүгэр аналлаах Бүтүн Россиятааҕы НПК Тарагаева Чэлгиэрийэ «Художественно-выразительные средства поэтической речи в стихотворении С.А.Зверева – Кыыл Уола «Песня про стерха» («Кыталык ырыата»)» доклада кытынна.
  • Ахсынньы 4-5 күнүгэр Нам нэһилиэгэр ыытыллыбыт А5а дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ветерана, номоххо киирбит Сталинград оборонатын кыттыылаа5а, о5о-аймах папталлаах учуутала, Саха сирин норуодунай поэта П.Н.Тобуруокап кэриэһигэр Улуу Кыайыы юбилейдаах сылларыгар ыытыллар Булуу эбэ улуустарын оһуохай күрэҕэр Ксенофонтова Ангелина (10 кл) Аан Дархан этээччи аатын уонна Семенов Рустам (7 кл) 2-с миэстэни ылла.
  • Ахсынньы 5-6  күнүгэр улуус иһинээҕи САССР сүүс харахтаах дуоматыгар чемпион, Саха республикатын үөрэ5ириитин туйгуна Николай Саввич Дмитриев бирииһигэр  күрэххэ Максимова Саргы (11 кл) оҕолорго 2-с миэстэ уонна дуомакка спорт маастарыгар кандидат Андреев Айастан (10 кл) улахан дьоҥҥо 4-с миэстэни ылан сыаналаах бэлэ5инэн на5араадаланна.
  • Ахсынньы 5-6 күнүгэр 6-7 кылаас уолаттара улуус хомуур хамаандатыгар киирэн Хатаска ыытыллыбыт Республикатааҕы волейбол күрэҕэр 1 миэстэни ыллылар.
  • Ахсынньы 10 күнүгэр Семенова Рада, 9 кылаас үөрэнээччитэ Дьокуускай куоракка Литературнай викторина кыайыылааҕа буолан үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыттарга ыҥырыы тутта.
  • Ахсынньы 12 күнүгэр Предпринимательство сылыгар аналлаах улуустааҕы научно – практическай конференция буолар. Бу күн научно – практическай конференция кэнниттэн аукцион ыытыллар. Улуус оскуолаларын конференция5а  актыыбынай кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Категория: Школьные новости | Просмотров: 743 | Добавил: uchitel | Рейтинг: 5.0/1
Всего комментариев: 0
Добавлять комментарии могут только зарегистрированные пользователи.
[ Регистрация | Вход ]